Page 87 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 87

Литературнай остуоруйа

          СЕРАФИМ РОМАНОВИЧ КУЛАЧИКОВ—ЭЛЛЭЙ
                                      (1904—1976)

   Кини аҕата Роман Иванович,
нууччалыы ампаар дьиэлээх, ик-
ки ынахтаах, мас ууһа, булчут
киһи, оттон ийэтэ Татьяна Сер-
геевна иистэнньэҥ, асчыт дьах-
тар этилэр. Иккиэн үөрэхтэрэ
суоҕа. Алта оҕолоохторо, олор-
тон үстэрэ — уолаттар. Аҕалаах
ийэлэрэ уһун кыһыҥҥы киэһэ-
лэргэ оҕолоругар остуоруйалаан
иһитиннэрэллэрэ, таабырынна-
һаллара, ийэлэрэ сахалыы өс хоһоонун ымпыктаан
билэрэ…

   Аҕыс сааһыгар Эллэйи Чычымах түөрт кылаастаах
оскуолатыгар үөрэххэ биэрбиттэрэ, кини оскуола
мөссүйүөнүгэр олорбута. Оскуола дьиэтиттэн үс
биэрэстэ буолан, субуота ахсын аҕата оҕустаах
кэлэн дьиэтигэр илдьэрэ. «Биирдэ аҕам хойутаан
хаалла, оҕуһа көстүбэт, — диэн поэт ахтан суру-
йар. — Таһырдьа хараҥаран барда. Мин дьиэбин
ахтан ытамньыйа олордум… Хата, кэмниэ-кэнэҕэс
аҕам син кэллэ. Кини кэһии аҕалбыт — миэхэ саҥа
сиидэс ырбаахы кэтэртэ. Олус да үөрбүтүм, ити
киэһэни хаһан да умнуом суоҕа».

   1916 сыллаахха Чычымах начальнай оскуолатын
үчүгэйдик бүтэрбитэ, түмүктүүр экзамеҥҥа А.С. Пуш-
кин «Абааһылар» («Бесы») уонна «Ууга түспүт» («Утоп-
ленник») диэн хоһооннорун ааҕан хайҕаммыта. Куо-
раттан билэр киһилэрэ кинигэ ыыппыта, онно Жу-

                                                                                                                     87
   82   83   84   85   86   87   88   89   90   91   92