Page 90 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 90
Кукаакытын-сокуускатын,
Кутаа уоттан хостоон ылан,
Кум-хам ыстаамахтаан,
Кулук-халык ыйыстан,
Курдурҕатан кэбистэ.
Аһаан бүтэн, уоһун соттон,
Уотун суулуу турбута:
Чаҕылыччы умайар
Чачынньыарын анныгар —
Хантан кээлтэ биллибэт —
Арай ынах ханнын саҕа
Хара харах көрбөтөх,
Хаптаҕай кулгаах истибэтэх
Хаарыан тааһа сытар эбит!
Чурумчуку, ону ылан
Тутта-хапта, тула көрдө…
Чолбон сулустуу чаҕыллар
Чулуу, дьикти тааһы булан,
Нохтолоох тойон сүрэҕэ
Долгуйуоҕар диэри үөрдэ.
Бу боростуой таас буолбатах —
Муударастаах таас эбит,
Ама да таас буолбатах —
Абыраллаах таас эбит.
Үтүө таас!
Үрүт өттүттэн
Үүт, үрүмэ үллэр.
Ааттаах таас!
Алын өттүттэн
Арыы, саламаат аллар.
Кылаат таас!
Кытыытыттан
Кымыс бэрдэ кыынньар.
Уйгу таас!
Ортотуттан
90