Page 71 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 71

Дуул көҕүстээх
Улахан уола
Хаҥас диэкиттэн
Хааман алтахтаан кэлэн,
Уһун субуйа батаһын
Умса тайахтанан туран,
Улуу кырдьаҕаһы уун-утары
Одуулаһан турда.
Суллаабыт тиит
Үөрэҕэһин курдук
Суп-сулугур
Аччыгый уол
Сиэлэн-хааман кэлэн
Сис туттан туран,
Эрэдэһиннээх үүн тиэрбэһин курдук
Эрилкэй хараҕынан
Ыраах кырдьаҕаһы
Ытыктыы көрөн турда.
Уон алта саастаах
Кыыс оҕону
Икки хос эркиннээх,
Үс хос үрүттээх
Үгэх хостон таһааран,
Тусаһаны ортотунан
Долгута хаамтаран аҕалан
Убайдарын аттыгар,
Оҕонньор иннигэр
Туруоран кэбистилэр.

Дархан ойуун:
— Дом-ини-дом,
Дом-ини-дом!
Унаар буруону уһатар,
Уруйу-тускуну ыллатар
Улахан уол аата
Балтараа Баатыр! — диэн буоллун.

                                                                                          71
   66   67   68   69   70   71   72   73   74   75   76