Page 68 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 68
Бу,
Бастар бараммат
Барҕа баайдаах,
Тохтон хороммот
Дохсун тоттоох,
Орто аан дойду
Улай киинигэр
Аан Чаҥыйа Эбэ диэн
Аарыма алаас
Айыллан үөскээбит эбит.
«Ааттаах алаас
Аналлаах иччитэ
Кимий?» — диэн
Кичэҥэлээн ыйытар буоллахха,
Арҕаа халлаан
Аҕата буолбут
Атара-батыйа тайахтаах
Атыйахаан оҕонньор диэн,
Илин халлаан
Эҕэрдэһитэ буолбут
Илгэ-талҕа үтэһэлээх
Имиллэхээн эмээхсин диэн,
Иэйэхситтээх дьон
Унаар буруону субуйан,
Оҕо-уруу төрөтөн,
Ыал буолан олорбуттар.
Икки уол оҕолоохтор,
Биир кыыстаахтар эбит.
Кыыстара төрүүрүн кытта
Аҕыс дьахтарынан арыалдьыттатан,
Алта хос акылааттаах,
Икки хос эркиннээх,
Үс хос үрүттээх
Үрдүк мындаалаах
Үгэхтэрин иһигэр
68