Page 65 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 65

Ыһыах киэҥэ ыҥырылынна.
            Уруу кэнниттэн —
            Оҕолорун ох курдук умнаан,
            Сир симэҕин курдук ситэрэн,
            Энньэ-сиэтии холбоон,
            Сүөһү-ас үүрэн,
            Алгыс алҕаан,
            Уруй этэн
            Атаардахтара үһү.

? Ыйытыылар уонна сорудахтар

 1. Олоҥхо киириитин өйдөөн ааҕыҥ: остуоруйа кии-
     риититтэн туох уратылааҕый? Олоҥхо хаһааҥҥы
     уонна хайдах кэми хоһуйар буолуон сөбүй?

 2. Айыы бухатыыра туох сүрүн аналлаах эбитий?
     Ол аналын туһунан киниэхэ ким тугу эппитий?
     Үс Кырыылаах Мөҥүрүүр Бөҕө ону хайдах, ким-
     нээх көмөлөрүнэн, сүбэлэринэн толордо?

 3. Айыы дьонун майгыларыгар тугу ордук бэлиэтии
     көрдүгүт? Оттон абааһы бухатыырдарын майгы-
     ларыгар киһи сөбүлээбэтэ, абааһы көрүөҕэ, кэлэ-
     йиэҕэ туох баарын өйдөөн аахтыгыт. Кэпсэтиһиҥ.

 4. Олоҥхо дьонун аатын сурунуҥ. Туох уратыны бэ-
     лиэтии көрбүккүтүн кэпсэтиһиҥ.

 5. Олоҥхоттон бухатыыр сирин-дойдутун дуу, дьиэ-
     тин-уотун дуу, Аан Алахчын Хотун саҥатын дуу
     талан өйтөн ааҕа үөрэтиҥ.

 6. Билигин дьон барыта сөҕө ааҕар «Дьулуруйар
     Ньургун Боотур», «Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕө»,
     «Эрэйдээх-буруйдаах Эр Соҕотох» олоҥхолору ай-
     быт улуу олоҥхоһуттар ааттарын билэргэ кыһал-
     лыҥ.

 7. С. С. Васильев «Мөҥүрүүр Бөҕө» олоҥхотун толо-
     ру тиэкиһин булан ааҕыҥ.

                                                                                                                 65
   60   61   62   63   64   65   66   67   68   69   70