Page 66 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 66

КЭРЭ ЭЙГЭТИГЭР

   С. С. Васильев «Мөҥүрүүр Бөҕө» олоҥхотугар худуо-
       һунньук И. Ю. Пестряков иллюстрацияларын тиэкиһи
       кытта тэҥнээн көрүҥ.

   «Саха худуоһунньуктара — оҕолорго» үөрэх электрон-
       най босуобуйатыттан Эллэй Сивцев «Олоҥхоһут» хар-
       тыынатынан олоҥхоһут туһунан кэпсииргэ бэлэмнэ-
       ниҥ.

        Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга

   2005 сыллаахха суруга-бичигэ суох саха норуота
өр сылларга өркөн өйүнэн, уус-уран баай тылынан
айбыт, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тылынан тиэрдэн, иһи-
тиннэрэн илдьэ кэлбит олоҥхотун ЮНЕСКО (Норуот-
тар Аан дойдутааҕы үөрэххэ, наукаҕа, култуураҕа
холбоһуктаах тэрилтэлэрэ) киһи аймах тылынан уон-
на өйүнэн айбыт култуурунай нэһилиэстибэлэрин
чулуу айымньыларын испииһэгэр киллэрбитэ.

   Ол аата олоҥхобутун Аан дойду норуоттара чахчы
да сүдү, киһи кэрэхсээн истэр айымньыта эбит диэн
бары билиннилэр. Олоҥхону салгыы чинчийэр, то-
лорор үгэһи харыстыыр, тилиннэрэр, үйэтитэр туһу-
гар киэҥ далааһыннаах үлэ тэриллэр. Сыл аайы сэ-
тинньи 25 күнүгэр Олоҥхо күнэ бэлиэтэнэр. Олоҥхо
дьиэлэрэ тутуллар, Олоҥхо Ыһыахтара ыытыллар
буоллулар, олоҥхо үгүс кинигэтэ бэчээттэннэ.

         Тыыннаах тыл

       Бэйэҕит олорор улуускут эбэтэр нэһилиэккит дьоҥ-
   ҥо-сэргэҕэ биллибит олоҥхоһутун туһунан кэпсииргэ
   бэлэмнэниҥ.

  66
   61   62   63   64   65   66   67   68   69   70   71