Page 70 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 70
Сүрэхтээх быарын
Өрөһөлөөн туран:
— Улуу кырдьаҕаспыт,
Улуу Дархан ойуун!
Үс бараа хара күлүккэр
Үҥэн-сүктэн эрэбит.
Бэттэх көрөн
Мичик гын!
Аал уоппутун аччылаан,
Уруйдаах остуолбутун олохтоон,
Оҕобут төлкөтүн алҕаа,
Уруй! — дэһэ-дэһэ,
Ыҥырыы ыытан
Ыллаан унаарда турдулар.
Эмискэ үлүгэр
Илин халлаан анныттан
Эҥсилгэннээх тыал
Илгистэн түстэ,
Түөлбэ иһигэр
Төбүрүөн дьон иннигэр
Түҥүрүн охсубутунан,
Түүлээх олбох үрдүгэр
Ойуун киһи
Улуу Дархан
Олорунан кэбистэ,
Үс төгүл иһиирэн чускуурутта,
Үс төгүл ыҥырынан сыналытта.
Атыйахаан оҕонньор
Алтахтаан кэлэн,
Сүгүрүс гынна,
Сөҥ куолаһынан:
— Оҕолорбутун уруйдаа,
Аччыгыйдарбытын алҕаа!
Аатта-суолла биэр,
Айхалла эт, уруй! — диэтэ.
70