Page 63 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 63

Хонууга хааман киирдэ.
Ынахтар, субайдар
Ханнык ынах киирдэ диэбиттии,
Хайыһан көрө-көрө,
Аахайбакка ааһа хааман
Аһыы сырыттылар.
Муус Бурҕаат
Муодарҕаата дуу,
Сытырҕаата дуу,
Хантайа-хантайа көрдө,
Чарапчылана-чарапчылана кэтэстэ.
Атыыр оҕус
Аахайбаттыы туттан,
Муус Бурҕаат диэки
Чугаһаан истэ.
Сэрэнэ-сэрэнэ
Сэргэхтик туттан,
Ааһыах курдук
Мэччийэ сырытта.
Абааһы уола
Иҥсэтэ көптө,
Сыҥааҕын уута сүүрдэ,
Иһиллэр-иһиллибэт:
«Бээ, бу
Сулуйарга собулҕалаах,
Ыстыырга ыстыалыктаах
Улуу кунан кэллэ.
Үтэ-үтэ үллэҥнэттэҕим,
Салла-салла сабырҕаттаатаҕым.
Тойон мүһэтин
«Топ» гына обордоҕум.
Куйахатын үтэн
Кучур-хачыр ыстаатаҕым», —
Дии-дии
Өһөхтөөх, үөрбэ үтэһэтин

                                  63
   58   59   60   61   62   63   64   65   66   67   68