Page 59 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 59
Уонна уһааттаран
Оҥорторон киллэрэн
Ороҥҥор уурда.
Кэл, мэ, бу,
Аан дойдуҥ
Араҕас илгэтэ —
Хабахтаах өлбөт мэҥэ уута.
Хаппар куҥҥун
Хайа анньынан
Уктан кэбис!
Бу, алта салаалаах
Айыы намыһын кымньыыта.
Тугу баҕараргын этэн баран
Сири үстэ оҕустаххына —
Этэн баран
Эҕирийиэх икки ардыгар
Баар буолуо!
Чэ, кэл!
Хаҥас эмиийбиттэн
Үстэ обор! — диэтэ.
Биһиги киһибит
Өйөнөн-тайанан туран
Үстэ обордо.
Үһүс оборуутугар
Сиһин үөһүттэн
Симэһиннээх хааны
Сирилэччи оборон истэҕинэ,
Аан Алахчын Хотун
Кубарыс гынаат,
Мөҥүрүүр Бөҕөнү
Сүүһүттэн олоччу анньан кэбиһээт,
Мэлис гынан хаалла.
Үс Кырыылаах
Мөҥүрүүр Бөҕө
Моонньун этэ
59