Page 57 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 57
Эт бэйэбинэн,
Илэ бодобунан
Утары туран
Охсуһабын диэн
Уһун уҥуоҕум кумаланна,
Кылгас уҥуоҕум кыраланна.
Аан дойдум иччитэ,
Алгыскын аҕал,
Күүстэ-тирэхтэ кулу!
Уруй! — диир.
Саҥарбыт саҥатын
Сатата таргыы илигинэ,
Туойбут тойугун
Дуораана тохтуу илигинэ,
Аҕыс салаалаах
Аал Луук Мас барахсан —
Алын силиһиттэн
Алдьанан бачыгыраан,
Хатырыктыын, мутуктуун
Хайытталанан хачыгыраан,
Сиҥниэх курдук
Силигирии хамсаата,
Булгуруйуох курдук
Буутайдана мөҕүстэ.
Уонна
Дьаба иһиттэн
Көмүс туоһахталаах
Дьабака бэргэһэлээх,
Күүгүнэс көмүс симэхтээх,
Дьэрэкээн сибэкки киистэлээх,
Аан Алахчын Хотун
Нөрүөннээх баһа
Быган таҕыста.
Бу курдук диэн
Саҥалаах буолла.
57