Page 62 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 62

Өрүөстээх сирэйдээх,
                Үстээх саастаах,
                Үрдүк дуул моойдоох
                Өҥүрүмэр атыыр оҕус
                Буолан хаалла.
                Түөрт атаҕын
                Түүрэ үктээтэ,
                Түрдэччи тутунна,
                Түөллэҥнии хаамта.
                Хараҕын уота
                Хардаҕас уот курдук
                Таҥнары сардырҕаата.
                Таттаҕар таныытыттан
                Сарадах төлөн
                Сардыргыы ыһылынна.
                Кумунан-кумунан,
                Куччаан-куччаан,
                Хороҕор муостаах халҕаһатыгар

62
   57   58   59   60   61   62   63   64   65   66   67