Page 61 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 61
Кыыс гына
Кымньыылаан кэбистэ.
Ат сылгы —
Дэриэспэ таастары
Тибии-бурҕаа курдук
Тибиличчи тэбинэн,
Туруу таас хайалары
Тураҥ буор курдук
Тоҕута тэбэн,
Омуннаан ойдо,
Сүрдэнэн сүүрдэ.
Өр да,
Өтөр да гыммата,
Анды Мөҥүрүөн оҕонньор
Ааттаах алааһын
Арҕаа саҕатыгар тиийэн кэлэн,
Харыс гына
Тура түстэ.
Биһиги киһибит
Атыттан түһэн:
«Ыҥырдахпына,
Ыраах да буоллаххына
Баар буолаар!» — диэн
Ыытан кэбистэ.
Бэйэтэ, —
Алта салаалаах
Айыы намыһын кымньыытынан
Сири үстэ охсоот —
Хайа астахха
Хаана суох,
Сиирэ астахха
Симэһинэ суох,
Тимир күөх дьүһүннээх,
Киил дьилбэгэй бэйэлээх
Үөрбэ чаҕаан муостаах,
61