Page 99 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 99

Өрө көрдө диэхтэрэ,
Өлөрөн кэбиһиэхтэрэ.
«Чулуу тааһым» буола-буола,
Чобоорхойо сатаама,
Тохтоон эрдин, үөдэн тыыттын,
Сойуолаһа барыма!
Субу күҥҥэ диэритин
Сордоммуппут иннигэр,
Дьикти тааһа да суох син
Олорбуппут дьиэбитигэр.
Бостуой, бостуой муҥнаныма,
Кэргэттэргин буоратыма.
Доҕоччугум Чурум,
Чупчуруйдааны тумун!
Аччыктатыма биһигини:
Айалаан, туулаан, бултаан,
Арыйаан биһиккини
Аһаппытыҥ курдук аһат!
Ама күөлбүт күөнэҕэ
Аҕыйаабыт үһү дуо?
Тунал сырдык күнүм-ыйым,
Чупчуруйдааҥҥа барыма,
Аччык оҕоҥ ыйын-хайын
Алаһаҕар туруорума!
Арай баран хааллаххына,
Ааһыы-туоруу буоллаҕына,
Алаһабыт сабыллыаҕа,
Аал уоппут умуллуоҕа…
Сайылаһар сыалыҥ, баҕаҥ
Сатаммытын да иннигэр
Саргы тааһын көтөҕөн,
Саартан төннөн кэлиигэр
Араҥаспыт иһигэр
Арай сата иһиириэҕэ,
Алтан уҥуохпут үрдүгэр

                               99
   94   95   96   97   98   99   100   101   102   103   104