Page 100 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 100
Арай суор кыыл кыланыаҕа…
Адьарайга барыма,
Алдьархайга угума!»
Оннук тыл-өс буолбутугар
Ойон турда Чурумчуку,
Ньургуйаана хотунугар
Хоруйдаата бу курдук:
«Туһааннаах доҕоччугум,
Тутума миигин дьукку,
Чупчуруйдаан обургулуун
Туруулаһыа Чурумчуку.
Күн сырдыгын көрдөһөөччү
Көнө кырдьыгын булуоҕа.
Үлүгэрдээх оҥоруу
Үтэйбитэ биһигини —
Үйэлээх сааспыт тухары
Өҥөр суолу көрбөккө,
Өллөммөккө өлөргө…
Ол тыйыс хаантан дьылҕабыт
Уларыйарын туһугар
Уулаах харахпытын аһан,
Отуу уотун оннуттан
Уйгу-быйаҥ олоҕу
Ойулгулуур дьикти тааһы
Улуу дьолбут биһиэхэ
Уунан-тутан биэрбитэ.
Ону баара улуу-дьаалы
Чупчуруйдаан ыраахтааҕы
Аҕыс ааһар албаһынан,
Тоҕус куотар кубулҕатынан
Туура тутан ылбыта
Тугун баҕас абатай!
Доҕоччугуом, Ньургуйаана,
Субу бардым Чупчуруйдааҥҥа!
Солуута суоҕу саҥарыма,
100