Page 105 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 105
Чуоҕуспутунан бардылар.
Түөрт төлөн уоттуу иилээн,
Төгүрүйэн кэбистилэр.
Сырҕан эһэлэр кэлэн
Сытырҕаан сырдырҕаттылар.
Чөҥөчөгү кырбаатылар,
Торҕон бөрөлөр күөйэн,
Тула туран улуйдулар.
Суостаах-суодаллаах ол кыыллар,
Чохчоохойдоон олорон,
Чупчуруна-чупчуруна,
Субу курдук тыллаахтар,
Сулудуйбут саҥалаахтар:
«Чурум-Чурумчуку,
Чолоҕор күтүр эбиккин,
«Чох-чох» диэн бэлэскин
Тоҕо тоҥсуммаккын?!
Доҕор туттубатах доҕорбут,
Чурум-Чурумчуку обургу,
Субай хааҥҥын утахтана
Чуоҕуһаахтаан турдубут,
Тоторбутун уоппатахпыт
Торулуур тоҕус хонно,
Дьоро чааспыт туолла.
Сытыы тыҥырах тыытылбата,
Анаҕас аһылыга буолар
Аналыҥ тиийэн кэллэ.
Соллоҥноох мэнэгэйи
Тоторуохха айылаах
Туох-ханнык мииннээх-томноох
Дьоһун-таман миэстэлээххин,
Чоҥку, силии биэриилээххин
Чуолкайдаан ыйан кулу,
Туоххуттан ытырабыт,
Чугу-чугу-чугучу,
105