Page 107 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 107

V

Өстөөхтөрүн өһөрөн,
Үөрэн-көтөн чөрөйөн,
Чурумчуку баран иһэр,
Чупчуруйдаан саарга тиийэр.
Чуораан-аараан дыбарыас
Чугуун аанын сэгэтэн,
Чуҥнаан, бэркэ сэрэнэн,
Торҕо-түрбэ торуоҥҥа,
Тойон саарга, сарыыссаҕа
Долгун кута долгуйан,
Тордох сонноох чугаһаан,
Чурумчуку моонньох баһа
Тоҥхох гына турдаҕа…
Чоҕул хараҕын уута
Чөмчүүк курдук тохтор…
Чупчуруйдаан «доҕоччугун» —
Чурум-Чурумчукуну,
Солуурчаҕын тыаһатан,
Чоҥкуначчы кыыһыран
Суоһурҕана тоһуйда:
«Туох сымаланый, дугаар,
Чурумчуку турар дуу?!
Торҕон-сырҕан кыылларынан
Тоһуйтара ыыппытым.
Дьууктаатахтара диэбитим
Суос-сымыйа эбит дуу?!
Тоҕо кэллиҥ, чолоҕоор?
Дууһаҥ бүтүн эрдэҕинэ,
Дойдулуу туруй, чугуччу,
Чурум-Чурумчуку!»
Чоҕул хара харахтаах
Чурум-Чурумчуку муҥнаах
Тыын быһаҕаһын тыынна,
Тыл быһаҕаһын саҥарда:

                             107
   102   103   104   105   106   107   108   109   110   111   112