Page 109 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 109
Хара үөнүм-курдьаҕаам,
Хаарыан тааһын хардатын
Хайыы-үйэҕэ ылбытын
Хайдах балыйсар дьабыный,
Хамсыктаабыт хаҥылый?
Туохтааҥ эрэ, нохойдоор,
Тоҕус палач уолаттар!
Чугу-чугу чугучуну,
Чурум-Чурумчукуну,
Тыҥырахтаах кыылтан ордон,
Тылбай-өспөй буолбутун
Тумсун тууһун чулбутуҥ,
Дьорҕоотура турбутун
Чолоҥнуурун тохтотуҥ!
Содуом санаа соттуктаах
Соллоҥнорун соботуҥ!
Чыллырыыт тимир болчуоктаах
Чыпчаххайынан таһыйан,
Болуоссакка таһааран,
Моһуоратын көннөрүҥ,
Маҥай аллаах моонньоох баһын
Батаһынан быһа охсуҥ!»
Инньэ диирин кытары
Тоҕус палач
Бары сараас
Чурумчуку түөһүгэр
Чупчурунан түстүлэр.
Чыпчылыйбат да гына
Чыраччы кэлгийдилэр,
Чыллырыыт тимир болчуоктаах
Чыпчаххайы ыланнар,
Чыбырҕаччы таһыйан,
Тыынын эрэ ордордулар…
Сордоох киэнэ субай хаана
Чоккураччы тоҕунна…
109