Page 114 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 114
VII
Чурумчуку турар бэйэтэ
Тураҥ буордаах толооҥҥо
Дьорос гына тура биэрдэ,
Толкуйдана турбата,
Сорудаҕар баран истэ.
Чупчуруйдаан тойоҥҥо
Чуо тиийинэн кэбистэ.
Ону көрөөт, кыыһырдаҕын
Улуу-дьаалы ыраахтааҕы:
«Туох буолбут сымалаҕын,
Тоҕо миигин булаҕын?!»
Уҥуоҕа халыр-босхо барда,
Уолусханнык уордайда,
Дуораан-дорҕоон этиҥэ
Добдугуруу куйаарда,
Дуксуур кымньыы чаҕылҕана
Дойду иэнин таһыйда.
Тутатына, сол онно
Доҕуһуолдьут кулуттарын —
Тоҕус палач дьоннорун
Толугуркаан сүрэхтэрин
Торуосканан дьөлө кэйэн,
Чокуйталаан кэбистэ…
Сол курдук дьайан баран,
Чупчуруйдаан обургу
Торуонуттан ойон турда.
Чурумчуку харытын
Дьуос түүтүн курдук сытыы,
Чулбу-баҕыыр сүргүөхтээх
Тордуоҕунан хаптарда.
Чоҥоро далай диэки
Дьулуруппутунан барда…
Чурумчуку ол курдук,
Чурумчукулаах оҕустуу,
114