Page 111 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 111

Ылсыы-бэрсии ыпсарыһа,
Ымыы тааһын ыйытыһа,
Ыга-бобо курданан,
Ыйыллаҕас ситиинэн
Ынах туллайын үүйүнэн
Ыллар ыраас хаамыынан
Ыраах-ыраах үктэнэн,
Ыстаҥалыы турбута.

                     VI

Тулуйумтуо дууһалаах
Чурум-Чурумчуку муҥнаах
Чобоотуйбут быһыылаах, —
Чугуруйбакка да туран,
Чупчуруйдаан саарыгар
Субу курдук саҥарар:
«Айхал буоллун торуоҥҥар,
Албан ааттаах күн судаар!
Айгырастаах симэхтээх
Алтан-көмүс дыбарыаскар
Абыраллаах күндү малбын —
Айылгылаах анал тааспын
Аһатыах-сиэтиэх буолаҥҥын,
Албаҕалаан ылбытыҥ…
Атас-доҕор аналбын,
Аһатар-сиэтэр ымыыбын,
Айбыт биэрбит бэлэҕин —
Ала дьикти таастарбын
Алҕас, алҕас биэрэммин,
Аан курдук алдьанным,
Иин курдук иҥнэһинним,
Аал уоттуун умулуннум,
Ардах-сирдэх астанным,
Атах сыгынньах сыбдыйдым…
Арыйаан оҕом аччыктыыр...

                            111
   106   107   108   109   110   111   112   113   114   115   116