Page 117 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 117
Ыччакайбыан… абытайбыан!..
Ымсыы буолан ыттыйдахпыан!
Ыар дьаакырдыы умустахпыан!
Ытык доҕоор, көрдөһөбүн,
Ыраахтааҕыҥ тылын ылын,
Ылбыт тааспын төннөрөбүн…
Ыйтан, күнтэн сүтэримэ,
Ыырай сиртэн матарыма!
Ыый-ыыйбыан, аай-аайбыан!..
Өлөөрү гынным — өрүһүй,
Үтүө сырдыкпын көрдөрүүй!
Далай ууттан дабатаҥҥын
Таһаардаргын эрэ мин
Сардаҥалаах саарыстыбам
Сатабыла суох элбэх
Далбар уйгу быйаҥыттан,
Чаҕыл манньыат харчытыттан
Талбыккынан манньалыам,
Чаҕар-кулут норуоппуттан
Чаастаан эйиэхэ араарыам,
Таптаабыккынан таһыйыаҥ,
Талбыккынан салайыаҥ,
Таһаар эрэ, далбарыам!..
Күөх, дириҥ далайга,
Күүгүн-хааҕын балкыырга
Көмүллэн өлүөм кэриэтин,
Күүстээх-уохтаах саарыстыбам
Күргүөм үгүс норуоттуун
Күдэн буолан көттүн,
Күл буолан сүттүн!
Көрдөһөбүн… көмүһүөм,
Күн буолан абыраарыый!..
Күндү тааскын төннөрүөм,
Күдэх эһиннэ… ыый-ыый!..»
Чурумчуку маныаха
117