Page 120 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 120

Тоҥ, муус кыаһаан хаайыытыгар
                 Чороччу баайан туруоруом.
                 Ол оччугуй буоллаҕына,
                 Онтон да ыар буруйдааммын,
                 Чугуун-тимир кыаһылааммын,
                 Дьуос-баҕыыр дьаакырдааммын,
                 Тургутаабат оҥкучаххар,
                 Чоҥоло далай муораҕар
                 Дьуоҕардыаҕым, оччоҕо:
                 Тотоойулаах оһоҕоһуҥ
                 Долгун суола буолуоҕа,
                 Уойумньулаах холгун-бууккун
                 Уу үөнэ оборуоҕа…
                 Ону ончу умнумаар,
                 Улуу дьаалы күн судаар!»
                 Инньэ диэн этэн баран,
                 Эҕирийэрин кытары
                 Эргиллэр элбэх уулаах
                 Эрэлийэр долгуннардаах,
                 Эҥкэһийэр дириҥ муора,
                 Иҥнэриллибит иһит курдук,
                 Чурумчуку уоһугар
                 Чупчуруллан киирдэ.
                 Уохтаах-күүстээх Чурумчуку,
                 Ол ууну омурдубутунан,
                 Ойон-тэйэн сиэлэн тиийэн
                 «Уос, уос, өҕүй», — диэн этэн,
                 Урукку чөллөөх оннугар
                 Куугуначчы кутан кээстэ.
                 Унаар байҕал обургу
                 Уруккутааҕар ордуктук
                 Уйгу күөстүү оргуйда,
                 Оонньуу-көрүлүү долгуйда…
                 Чупчуруйдаан, ону көрөн,
                 Чугуруйа дьулайда.

120
   115   116   117   118   119   120   121   122   123   124   125