Page 124 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 124

? Ыйытыылар уонна сорудахтар

  1. Айымньы хас биирдии баһын ааттааҥ. Тоҕо итин-
      ник ааттаабыккытын быһаарыҥ.

  2. Чупчуруйдаан ыраахтааҕыны кыайар-хотор туһу-
      гар Чурумчуку туох албастары тутунна? Айым-
      ньы тылынан хоруйдааҥ.

  3. Остуоруйа сүрүн санаата тугуй? Арай эһиги ап-
      таах тааһы булуҥ, оччоҕо тугу гыныа этигит?

  4. Айымньы бүгүҥҥү олохпутугар маарынныыр дуо?
      Тугунан?

  5. Талан өйтөн ааҕарга үөрэниҥ. Бу кэрчиги тоҕо
      талбыккытын быһаарарга холонуҥ (ис хоһоону-
      нан, тыла хомоҕойунан уо.д.а.)

  6. Сөбүлээбит түгэҥҥитин уруһуйдаан кэлиҥ.
  7. Айымньыны хатылааһыҥҥа ыйытыыта толкуй-

      дааҥ.

        Тыыннаах тыл

      Айымньы V, VI чаастарын оруолунан ааҕыҥ.

        Тэҥнээн көрүү

      Чурум-Чурумчуку уонна Чупчуруйдаан ыраахтааҕы:
      — майгыларын;
      — тылларын-өстөрүн;
      — аптаах таас туһунан санааларын көрдөрөр тылла-
      ры устуҥ, түмүктэ оҥоруҥ.

       Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга

      Нуучча норуотугар бу остуоруйаҕа маарынныыр
   айымньыны санатыһыҥ.

124
   119   120   121   122   123   124   125   126   127   128   129