Page 126 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 126
Олоо Күөрэгэйи хаадьылыыр, кининэн оонньуур
үгэстээх. Биирдэ Күөрэгэй дьиэни сиппийэ сырыт-
таҕына: «Эн кус үһүгүн, түө-түө!» — дии-дии, хаппыт
буорунан кыыс хатырбыт илиитин-атаҕын тобулута
быраҕаттыы олордо. Күөрэгэй тулуйарыттан ааһан,
Олоону окумалыттан ылан, балык астыыр атыйахха
«палк» гына бырахта. Олоо, улаханын, Төһө да ас
үчүгэйин аһыыр буолбутун иһин, күүһүнэн Күөрэ-
гэйдээҕэр мөлтөх. Атыйаҕыттан тахсыбакка ытаан
чоккуруу, сыыҥа субуруҥнуу олордо. Уола ытыы-
рын истэн, таһырдьаттан киһи бөҕө илэ бэйэтинэн
дьигиһийэн киирдэ. Күөрэгэй сыыһа-халты оҕуста-
ран хотоҥҥо түстэ. Күкүр ходуулугар киирэн куотта,
онтон атын ийэтэ буолуохсут өлөрөр этэ.
Күөрэгэй ити күн күкүртэн тахсыбакка сытта.
Киэһэ эр киһи кэлбитигэр ойоҕо:
— Кыыһыҥ оҕобун өлөрөрүгэр тиийдэ, тугу да
үлэлээбэт, куруук этиһэр, киэр гын, икки харахпар
көрдөрүмэ эбэтэр иккиэн дьүгэлийиҥ! — диэн икки
саннын хабыалана тоһуйда.
Күөрэгэй аҕата сарсыныгар оҕотун иччитэх өтөххө
илтэ. Хааһылаан сииригэр ньэчимиэн уотурбатын
хаалларда.
***
Күөрэгэй, ытаан-ытаан баран, киэһэлик туран хаа-
һы буһарына олордо.
Арай хотон иһиттэн сэттэ кутуйах субуруһан та-
ҕыста. Кыыска кэлэннэр, тугу эрэ кэпсээн дуу,
көрдөһөн дуу эрэрдии, чыбыгырастылар. Онуоха
Күөрэгэй: «Ээ, барахсаттар хоргуйбуттара буолуо», —
диэн сүгэ олугар хааһытыттан кутан биэрдэ. Кутуй-
ахтар, үтүрүһэ-үтүрүһэ, хааһыны сиэн ибигирэтэн
киирэн бардылар.
126