Page 130 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 130

биир-биир олордуталыыр. Ордук уһуннук уонна
чаастатык ити күндүлээһининэн Туораах туһанар.

   Бүгүн Күөрэгэй манньыатын хаппыт буорга хаста
эмэ эргиттэ. Көмүс манньыат эргийэн дьэргэйэрэ,
күн уотугар оонньуура ама ким хараҕар куһаҕаннык
көстүөй?! Кутуйахтар олус дьиибэргии көрдүлэр
быһыылаах, кинилэртэн биирдэстэрэ төбөтүн өрө
чолос гыннарда уонна тугу эрэ «чыып-чыып» диэтэ,
атыттар эмиэ айманнылар, онтон сэттиэн хороонно-
рун диэки дыдыгыраһа турдулар.

                               ***

   Сарсыарданан Күөрэгэй соһуйан уһугунна. Ку-
туйахтартан биирдэстэрэ кини моонньугар киирэн
уһугуннарбыт. Өйдөөн көрбүтэ, Туораах эбит. Хотон
иһигэр чып-чыбыгырас, чап-чабыгырас улахан ай-
даан буолан эрэр. Туораах, миигин батыс диэбит-
тии, хотон иһин диэки сыбдыгырайа турда.

   Күөрэгэй киирбитэ, кутуйахтар туох эрэ төгүрүгү
сорохторо сүгэн, сорохторо ытыран иһэннэр, хо-
рооннорун икки өттүнэн бөтүөннээн киирбит хап-
пыт буортан иҥнэн ити айдаан буола тураллар эбит.
Ылан көрбүтэ — көмүс манньыат, чахчы көмүс ман-
ньыат! Бэйэтин манньыатын куругар түммүтэ сыл-
дьар уонна кутуйахтар хантан манньыат буллулар?
Дьэ, дьикти! Хороону баран көрбүтэ — сүрдээҕин
кэҥээбит, быһыыта, иһиттэн манньыаты таһаар-
быттар.

                               ***

   Күөрэгэй хааһы буһаран кутуйахтарыгар кутан ба-
ран, хотоҥҥо киирэн хороону батыһа хаста. Хас-
пахтаабытын кэннэ хороон сырыынньа дириҥээтэ,
онтон туох эрэ кытаанахха тиийдэ. Ол кытаанаҕы
хостоон таһаарбыта — холбуйа эбит. Кутуйахтар

 130
   125   126   127   128   129   130   131   132   133   134   135