Page 134 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 134

йэн хаппаҕын сиэн буруолата сытар. Үрүҥ манньыат-
тара кэриэрэн, өссө сорохторо ууллан хаалбыттар.

   Арай чугас соҕус соҕотохто «чыып» диир саҥа
иһилиннэ. Күөрэгэй сүүрэн тиийэн көрбүтэ: Туораах
эрэйдээх аҕылаан ыгдаҥныы сытаахтыыр. Көхсүн
түүтэ кэриэрэн хаалбыт.

   — Туораах, туох буоллуҥ, доҕотторуҥ ханнала-
рый?! — дии-дии, кутуйах кэриэрбит түүтүн Күөрэ-
гэй эрбэҕин төбөтүнэн имэрийэ турда.

   Туораах түөһэ хапсыҥнаан, тыгыл-ыгыл тыынан
барда. Кыараҕас хараҕынан кылап гына көрдө уон-
на мөлтөхтүк тиһэх саҥатын «чып» диэтэ, Күөрэгэй
ытыһын тарбыалаата… Туораах өллө.

   Күөрэгэй, кутуйаҕын тутан, өр дөйүөрбүт курдук
турда, онтон эҥээр саҕатыгар тиийэн иин оҕото
хаһан, сиэбигэр баар таҥас сыыһын ылан Туорааҕы
суулаан көмтө.

   Күөрэгэй, Туорааҕы көмөн баран, умайан бүтэн
эрэр дьиэтигэр оргууй аҕай кэлэн супту одуулаан
турда. Кини харахтарыттан сырдык таммахтар мөл-
мөл түстүлэр. Былаатынан сирэйин-хараҕын соттон
баран, кэриэрбит манньыаттарын ыраастыы, хоруо-
нан аала олордо. Киһи туһаныах курдук барыта уон-
ча эрэ манньыат хаалбытын ыаҕайатыгар уган, ор-
гууй аҕай бара турда.

                               ***

   Маачаха ийэтэ дьиэни умаппытын Күөрэгэй биллэ.
   Маачаха ийэтэ дьиэ умайбыт, оҕото куттаммыт
буруйун барытын Күөрэгэйгэ түһэрэн:
   — Икки харахпар көстүмэ, киэр бар! — диэтэ.
   — Мин эйиэхэ бэйэм да олоруохпун баҕарбап-
пын, — диэтэ бараары хомуна-хомуна, — аҕам,
барсар буоллаххына, барыс, миигин кытта сылдьан
хоргуйуоҥ суоҕа.

 134
   129   130   131   132   133   134   135   136   137   138   139