Page 136 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 136

Куһун кытта кэккэлэһиннэри төбөтүн ууран сытта.
Ити сытан чугас, оттор быыстарыгар, кулун тылын
курдук сэбирдэх от үүнэн турарын көрдө.

   — Эмтээх от! — Күөрэгэй үөрүүтүгэр куһун төлө
ыыта сыста. — Чахчы эмтээх от.

   Күөрэгэй биирдэ илиитин быһахха быстыбытыгар,
ийэтэ бокуонньук үкчү маннык отунан баайан эмтээ-
битэ.

   Күөрэгэй хас да итинник эмтээх оту үргээн ылла.
Куһун тостубут кынатын биир сэбирдэҕинэн суулаа-
та, таһынан чараас мас сыыстарын тутта, ол таһынан
таҥас кырадаһынынан бобо кэлгийдэ. Куһун баа-
һын барытын эмтээх отунан баайда. Ыаҕайатыттан
хаппыт балыгын тобоҕун сүөкээн баран, куһун укта.
Илдьэ истэххэ хачайданан ыалдьыбатын диэн, куһун
төбөтө эрэ көстөр буолуор диэри, сымнаҕас кулун
кутуруга, күөркэнньик отторунан тула хайда.

   Ити үлэтин кэнниттэн хататынан уот ылан, көлүч-
чэ хордоҕойугар күөстэннэ.

   Көлүччэ кытыытынааҕы бадараантан хас да кы-
ракый үөнү таһааран, куһун тумсун атытан укта.
Биэрбит үөннэрин ыйыстарын кэтэстэ да, куһа аһаа-
бат.

   — Улаханнык ыалдьыбыт быһыылаах, хараҕын тоҕо
эрэ чыпчылыйбат, аны өлөн хаалыа!

   Суох! Эмтээх от үтүөрдүө.

                               ***

   Күөрэгэй күнүс чэйдээбит сириттэн ырааҕы бар-
да. Сотору-сотору ботуоҥкатын устан, ыаҕайаҕа
иһэр куһун көрөр.

   Чугаһынан киһи баар сибикитэ биллибэт. Бөлөх
тииттэри мүччү түһэрин кытта, иннигэр киэҥ куруҥ
тыа нэлэс гына түстэ.

   Барбахтаан иһэн куруҥ уҥуоругар элбэх ураһаны

 136
   131   132   133   134   135   136   137   138   139   140   141