Page 135 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 135

— Хата, бэйэҥ ханна да барыма, — диэтэ аҕа-
та, — хоргуйуохпут суоҕа, балык элбэх буолуо, хайа
уонна үс манньыаттаахпыт дии…

   Күөрэгэй манньыаттарын уонна сээкэй малын ба-
рытын бобо кэлгинэн, икки өттүнэн быалаах туос
тымтайга уган сүкпүтүнэн баран истэ.

                               ***

   Күнүс ойуур ортотугар баар төгүрүк көлүччэни
кыйа Күөрэгэй баран истэ. Эмискэччи ойоҕоһугар
сытыы тыас сирилээтэ, соһуйан кылана түстэ. Уос-
куйан көрбүтэ, биир тыҥырахтаах көтөр тэбэн кэ-
биспит куһа сиргэ тарыкынаан түстэ.

   Күөрэгэй сүүрэн тиийбитигэр, кус киниттэн кут-
танан күрүөх курдук үнүөхтээн иһэн, күүһэ баранан,
төбөтүн от быыһыгар ньолбоччу анньан кирийэн
сытта. Күөрэгэй куһу көтөҕөн ылла. Кус, куттанан,
сүрэҕэ быллыгыраччы тэбэр.

   — Сүрэҕэ манан чугас быһыылаах, аны сүрэҕин
таарыйан өлөрүөм, — диэн, Күөрэгэй кус түөһүттэн
сыҕарытан, оргууй халыҥ өттүттэн тутаары, илиитин
ылбыта, ытыһыгар ып-ыраас аалай хаан таммахтара
көһүннүлэр.

   — Эрэйдээҕи ньии! — диэтэ Күөрэгэй, куһун туп-
путунан сөһүргэстээтэ, онтон быардыы түһэн сытан,
куһун түүтүн ааҕа арыйталаан бааһын көрдөөтө. Кус
дабыдалларын төрдүттэн тыҥырахтаах көтөр кытаах-
таабыт суолларын булан, хаантан чопчулаһа силим-
нэспит түүлэри сэрэнэн арыҥалаата. Кус аҥаар
кыната тостубут. Күөрэгэй, сэрэнэн-сэрэнэн, кус
тостубут уҥуоҕун көннөрдө, кумуйа тутта.

   — Олоҥхолорго этиллэр өлбөт мэҥэ уута баара
буоллар, кус эрэйдээҕи тириэрэн, атаҕар кыһыл
кыччааһыны баайан баран көтүтүллүө этэ, — диэн
Күөрэгэй санаата. — Тугунан көмөлөһөбүн?

                                                                                                                    135
   130   131   132   133   134   135   136   137   138   139   140