Page 137 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 137
көрдө. Күөрэгэй бу манна үөрбүтүөн! Ибири-сибири
хааман, куруҥ хотоолугар киирдэ. Ураһаларын көр-
бүт буолан уонна түргэнник киһилээх сиргэ тиийэ
охсор баҕа кынаттаан, сылайыы да, куруҥ туора-
маары охтубут маһа да кини кытыгырас атахтарын
туппата.
Күөрэгэй куруҥ хотоолун туораата. Били ураһалар
диэбитэ, халтаҥ буор булгунньахтар эбит. Тохтоон
хараҕын сотто-сотто көрдө, олус хомойдо, көхсүн
этиппэхтээтэ.
— Хантан дьонноох сири булан киһи буолабын?!
Күөрэгэй ураһалар диэбит буор булгунньахтарын
туораан аппаҕа киирдэ. Киһилээх сири булбат кут-
талыттан, мунчаарыытыттан аһыах да санаата кэл-
бэтэ, олорон сынньаммата даҕаны, маһы-оту быы-
һынан баран истэ. Кини сирэйэ субу ытыах курдук
кытаран хаалбыт, били мааҥы нарын, чараас уоста-
ра сөтөрүйэн түспүттэр, дыр курдук хаастара түр-
дэстибиттэр.
Эмискэччи тымныы уунан ыстарбыттыы, этэ дьар
гына түстэ, төбөтүн оройо аһыллан, сүрэҕэ ыйыл-
лан ылла. Кэннин хайыһан көрбүтэ, сүүнэ улахан
сур бөрө аһыылара туртайбытынан кинини эккирэ-
тэн субуруйан иһэр эбит. Күөрэгэй тэбинэн кэбистэ.
Хараҕын кырыытынан көрдөҕүнэ, бөрө субу ситиэх-
чэ буолбут. Кини дьолугар, сиртэн ыла мутуктаах
бэс мас тосхойдо. Тииҥ курдук онно хатана түстэ.
Ыттан иһэн, биир синньигэс мутукка үктэммитэ
булгу баран, атаҕа санньыс гыныытыгар, бөрө этэр-
бэс тилэҕиттэн хапта. Күөрэгэй тутуспут мутуга мо-
дьу буолан, бөрө иккиһин нэмийэн хадьырыйыан ин-
нинэ атаҕын ньылбы тардан ылла. Этэрбэс тилэҕэ
бөрө аһыытыгар сириттэн «тарк» гынна.
Күөрэгэй, балай да үөһэ тахсан баран, тиитин
төрдүн көрдө. Бөрө тииккэ өрө тарбачыһа турар.
Күөрэгэй олус үөһэ тахсыбытыттан мэйиитэ эр-
137