Page 142 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 142

Ким аччыктаабыт кэлэн аһаа, тоҥмут итин диэ-
биттии, үөлүллүбүт эт сыта ураһа тулатынааҕы сал-
гыны минньиттэ.

   Ити Күөрэгэйдээх Мойот эмтээн үтүөрдүбүт кус-
тарын ыыппыт, Мойот биир эһэни бултаабыт үөрүү-
лээх күннэрэ этэ.

         Тэҥнээн көрүү

   1. Эллэй «Чурумчуку» уонна Тимофей Сметанин
        «Күөрэгэй» остуоруйаларын дьоруойдарын тэҥнээн
        ырытыҥ.

   2. Башкир, татаар уо. д.а. норуоттарыгар маачаха уон-
        на иитиэх оҕо туһунан айымньылары булан ааҕыҥ.

             Норуот тылынан айымньытыттан
                     уус-уран литератураҕа

   Сахаҕа сурук-бичик баар буолуоҕуттан норуот
айымньытыгар тирэҕирэн, аны уус-уран литерату-
ра айымньылара суруллар буолбуттара. Үөрэхтээх,
айар дьоҕурдаах дьонтон норуот биһирэбилин ыл-
быт суруйааччылар тахсыбыттара.

   Норуот тылынан уус-уран айымньытын айар ньы-
малара, ис хоһооно, көрүҥэ, уус-уран тыла-өһө суру-
гунан литература үөскүүрүгэр сүрүн төрүт буолбута.

                                                          АЙЫМНЬЫ ТҮҺҮЛГЭТЭ

       А. Д. Неустроева «Саһыл, эһэ уонна оҕо», «Оҕонньор-
   доох эмээхсин», М. П. Федотова-Нулгынэт «Биэс быраат
   тарбахтар» остуоруйаларын ааҕыҥ уонна ол туһунан
   кэпсэтиҥ, сөбүлээбит түгэҥҥитин уруһуйдааҥ.

 142
   137   138   139   140   141   142   143   144