Page 138 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 138
гийэр уонна тутуһан олорорго модьу мутук суох, ол
иһин бөрө үөмэн тиийбэт сиригэр суон мутук баа-
рын миинэн, тиитин ыксары кууһан олордо. Бөрө
Күөрэгэй түһэн иһэрин көрөн үөрэн кыҥнаҥныы, эк-
кэлии олорон, тохтообутуттан эмиэ хомойон, тиити
кирэн тииһэ килбэчийдэ.
Күөрэгэй ботуоҥкатын устан үрдүгэр турар мутук-
ка ыйаата, куһа тыыннаах. Онтон олорбохтоон ба-
ран, манньа ыллаҕына бөрө, баҕар, манньыйыа дии
санаан, хаппыт балыгыттан бырахта. Бөрө сыыһа
түһэрэр бэйэлээх буолуо дуо, айаҕар түһэрэн курк-
харк ыстаан баран, ньылыс гына ыйыстан кэбистэ.
«Барыта маннык минньигэс буолуо, абалаах…» диэ-
биттии, кыҥастаһа кыҥналдьыйда, дьүккүөнүү, уһун
кыһыл тылынан салбана олордо.
Күн киирэн барда, оттон бөрө туох иһин тэйбэтэ.
— Күн киирдиҥ, сарсын эн тахсаргар хайдах тии-
йэбин?..
Ханнык да киһини куттуур, долгутар быһыы саҥа
көрүҥү, суоһары ылыммакка, бастааҥҥытын кур-
дук салгыы бардаҕына, киһи киниэхэ күөнтээбит
күүстүүн ыаллаһан, сыыйа уоскуйан барар. Күөрэгэй
лабааны тоһута-тоһута бөрөҕө быраҕа, бөрө хайдах
ону хабан ыларын, кыыһырарын көрөн саатыы олор-
до. Хаппыт балыгыттан сиэтэ, син биир бэрсибитим
да иһин барбаккын диэн бөрөҕө тугу да биэрбэтэ,
аҕыйах балык орпутун хоонньугар уктан кэбистэ.
Утатара олустаата да, таммах ууну ылар сирэ суох.
— Хаһааҥҥа диэри бу курдук хаайан олоруох
кыылый?..
Түүн буолла, оттон бөрө адьаһын өрө мыҥаан
олорор.
Күөрэгэй хамсаабакка олорор буолан уута кэллэ.
— Манна киһи хайдах утуйуой?
Кини, утуктаан, сүүһүн тииккэ «лос» гына оҕуста.
138