Page 133 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 133
куоттарда. Быраҕан биир кутуйаҕы тапта. Ол эрэй-
дээх нэһиилэ хороонугар үнэн тиийдэ.
***
Олоо киэһэ: «Манньыат биэрэр таҥаралара дуу,
абааһылара дуу Төһөҕө кэлэрэ буолла…» — диэн са-
ныы сытан утуйда.
Түүн кутуйахтар хотонтон тахсан уол хоонньугар
киирдилэр. Кинилэртэн биирдэстэрэ уол атаҕын
быһа ыстаата. Олоо уолуйан-соһуйан ойон турда,
таһырдьа ойдо.
Дьиэтигэр сыбыс-сыгынньаҕын чыаппарыйан
тиийдэ.
— Абааһы кэлэн тыбыс-тымныы илиитинэн хар-
быалаата. Тыҥыраҕа уһуна, сытыыта сүрдээх, бу
аҕам быһаҕын курдугунан кымыстаата, — диэтэ уон-
на кутуйах тииһин суолун көрдөрдө.
Ити кэмҥэ Күөрэгэй утуйа сытар этэ. Олоо ийэтэ:
— Сатана уоруга абааһыламмыт, оҕобун куттаа-
быт, мин кинини уоттаан кэбиһиэм, — диэтэ.
Өтөх диэки бара турда.
***
Күөрэгэй сарсыарда аһаан-сиэн баран, өтөххө ку-
туйахтарын аһата ыаҕайа хааһылаах барда. Тиий-
битэ — дьиэтэ умайан, кутаа уот өрүтэ үөмэхтээн
эрэр. Дьиэ үрдэ сууллан барчаланан түстэ.
— Кутуйахтарым эрэйдээхтэр өллөхтөрө! — Бу-
руоттан чачайа-чачайа, умайан бүтэн эрэр дьиэни
эргийэ сүүрэ сырытта. Туох да суох. Тоһоҕо ылан
көмпүт манньыаттарын манан буолуохтара диэн
хаһан түөрэн көрдө да, буруоҕа чачайан охтубата
эрэ. Көлүччэттэн ыаҕайатынан уу баһан кутта. Ити
курдук хаста эмэтэ кырынан, уоту намыратан баран,
көрдөөн-көрдөөн дьэ булла. Холбуйатыгар уот тии-
133