Page 129 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 129

эбит, араарыахтааҕар ойоҕоһунан хорооннорун
кэҥэтэн тахсыбыттар. Сүрэҕэ быллыгырас буолбут,
дэлби сылайбыт Туорааҕы Күөрэгэй дьиэҕэ таһаар-
да. Ыарыылаан, хааһытыгар үүт эптэ.

   «Эһиги доҕоргутун араарбаккыт, көрө-көрө хо-
рооҥҥутун кэҥэтэн, ойоҕоһунан ааһаҕыт», — диэн
кутуйахтары оҥостон олорон мөхтө. Анарааҥҥылар,
уруккуларыттан уларыйбакка туран, аһаан бүтэн хо-
тоннорун диэки субуруһа турдулар.

   Күөрэгэй кутуйахтарга, ол иһигэр Туораахха, хан-
нык да таҥас барбатын өйдөөтө.

                               ***

   Күөрэгэй дьукаахтарын кэрииминэн күндүлүүр-
дээх. Ол ийэтэ өлөрүгэр киниэхэ биир көмүс ман-
ньыаты хаалларбыта. «Аҕаҕар да көрдөрүмэ, бос-
туой туттан кэбиһиэ, кэнники бэйэҕэр наада буо-
луо», — диэбитэ. Ол манньыатыгар кутуйахтарын

                                                                                                                    129
   124   125   126   127   128   129   130   131   132   133   134