Page 131 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 131

эмэҕирбит холбуйаны хаппаҕын тэһэ хаһан киирэн
иһигэр уйа оҥостубуттар. Уйаларын арыйбыта —
кыр курдук манньыат буолла. Күөрэгэй соһуйан тал-
бааран хаалла: кылаат! Көмүллүбүт кылаат!

   Манньыаттаах холбуйатын дьиэтигэр илдьэ та-
ҕыста. Кутуйахтарын сүүстэриттэн ааҕа сыллаталаан
ылла. Үөрүүтүттэн ыарыылаахтык тутан, хас да ку-
туйаҕы «чууп» дэттэ. Кинилэр, Күөрэгэй үөрүүтүн өй-
дөөбөккө, өлөртөөрү бобута тутта диэн куттаннылар.

   Күөрэгэй кутуйахтары ааҕа манньыат үөһэ олор-
то уонна, манньыаттары эргитэ-эргитэ, хатан куо-
лаһынан ыллаан эйээрэ олордо:

                        Эргичий, эргичий,
                        Эргийэн дьэргэчий,
                        Көмүс манньыат —
                        Күндү кылаат…

   Кутуйахтар алдьаммыт хороонноругар кэлэн ба-
ран сүрдүк айманнылар. Күөрэгэй: «Дьэ дьонноргут
дии! Эһиги хорооҥҥутун алдьаппатаҕым буоллар,
манньыаттары хантан ылыа этимий?» — дии сатаата.

   Алдьаммыт хороонтон тэйиччи муннукка сири
сөмүйэтинэн тобулу аста уонна: «Манан хороонно
хастыҥ», — диэтэ.

   Кутуйахтар кыыһырбыттыы тураллар. Кинилэртэн
биири ылан сөмүйэтинэн тобулу аспыт хайаҕаһы-
гар укта, ол кутуйах хаһан, кэннинэн кыырпах буору
ыспытынан барда.

                               ***

   Күөрэгэйгэ аҕата уотурба аҕала кэллэ. Кыыһа ки-
ниэхэ үс манньыаты биэрдэ.

   — Манньыат!.. Хантан буллуҥ, тоойуом?.. Ман-
ньыат!.. — диэтэ оҕонньор уонна хараҕын күлтэччи
көрдө.

                                                                                                                    131
   126   127   128   129   130   131   132   133   134   135   136