Page 132 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 132

— «Ийэҥ, аҕаҥ эйигин атаҕастаабыттар, билигин
бэйэлэригэр көмөлөһөр киһи буол, кинилэр эйигин
үүрбүттэриттэн сааттыннар», — диэн, манна баар
сэттэ дьон биэрдэ, — диэтэ Күөрэгэй.

   — Сэттэ дьон… Таҥаралар… Дойду иччилэрэ…
Көмүс манньыаттар, — дии-дии ботугураата оҕон-
ньор. Манньыаттарын икки ытыһынан ыгыта туппах-
таата, уостара ибир босхо бардылар.

                               ***

   Күөрэгэй маачаха ийэтэ кыыс харчыламмытын,
ханнык эрэ таҥаралар көмөлөспүттэрин истэн:

   — Оҕобун аҕал, ахтан аҥаарым эрэ орто, — диэн
ньылбырыйар киһи буолла.

   Күөрэгэй, кутуйахтарыттан араҕыан баҕарбатар
да, дьиэтигэр барарга тиийдэ. Хотон иһигэр киирэн:

   — Хаалыҥ, биэбэкэлэриэм, күн аайы кэлэн хаа-
һылаан сиэтиэм, кыһын сиэмэ аҕалыам… — диэн
ботугураата.

   Оҕонньор сэттэ таҥараны көрүөм диэн, истиэнэ
быыһынан хараҕын кэҥэтэ-кэҥэтэ кэтэстэ да, кыы-
һыттан ураты кими да көрбөтө. Уонна таҥаралар
«хааһыны сииллэрин, кыһын сиэмэ сиэхтэрин» са-
таан өйдөөбөтө.

   Күөрэгэй ким да көрбөт сиригэр, хотон түгэҕэр,
манньыаттарын көмөн кэбистэ.

   — Бэл, ити кыыс баран үс манньыат харчыланан
кэллэ, оттон эн элбэх харчыланыаҥ, — диэн маача-
ха ийэ уолун Олоону өтөххө аҕалла.

                               ***

   Олоо сэлиэһинэй бурдук арыылаах хааһытын сиэн
мотуйа олордо.

   Хотон иһиттэн кутуйахтар сэттиэн субуруһан та-
ҕыстылар. Саҥаран чыбыгырастылар.

   — Туох иҥсэлээх кутуйахтарай! — диэн Олоо кы-
ланна. Үөттүрэҕинэн сыыһа-халты охсон хотоҥҥо

 132
   127   128   129   130   131   132   133   134   135   136   137