Page 127 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 127
Күөрэгэй кутуйахтары кытта билсиһиитэ ити кур-
дук саҕаланна.
***
Күөрэгэй хас хааһыланнаҕын аайы кутуйахтар
ыалдьыттыыр буоллулар.
Кыыстан куттаммат буолан истилэр, кэргэнниһэн
бардылар. Кыыс кинилэри биирдии-биирдии көх-
сүлэрин имэрийэр, көтөҕөн олорор. Биир саамай
оччугуй кутуйах баар. Күөрэгэй кинини, олус кыра-
тын иһин, Туораах диэн ааттаата. Ытыһыгар олор-
дон эрэ ырыа ыллыыр:
Кыраҕын, үчүгэйгин,
Кылааннаах түүлээххин…
Туораах кыараҕас харахтарынан ырыаһытын көр-
бөхтүүр, кыракый кулгаахтарын чэрэҥнэтэр, эҕэ-
дьэҕэ буолар. Атын кутуйахтар, Туораахха көҕүйбүт
курдук, тула сыбдыгыраһаллар, быыстала суох чы-
быгыраһаллар. Биир кутуйах Күөрэгэй сыгынньах
атаҕар ойон таҕыста, онуоха кыыс, соһуйан, атаҕын
сулбу тардан ылла. Кутуйах, охтон таралыс гынаат,
ойон турда, төбөтүн өрө чолос гыннарда, хатан-
нык чыбыгыраата, бука, үөҕүстэҕэ буолуо уонна,
атаҕастаммыт киһи быһыытынан, хотон иһин диэки
дьөгдьөрүйэ турда. Күөрэгэй кутуйах кыыһырбытын
сэрэйэн, күөйэ көтөн ылла. Оттон кутуйах, чыбыгы-
рыы-чыбыгырыы, ааһа турда. Кутуйахтар бары ай-
мана, айдаара түстүлэр. Кинилэргэ: «Мин кинини
атаҕастаан охторботоҕум, кычыгыламмытым, санаан
көрүҥ, кычыгылаттахха, эһиги да соһуйуоххут суоҕа
дуо?.. — диэн истэллэрин курдук быһааран кэпсээ-
тэ. — Барыҥ, ыҥырыҥ, мин кинини хааһым тобоҕу-
нан күндүлүөм», — диэтэ уонна сүгэ олугар томточчу
хааһы кутта.
127