Page 128 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 128
Кутуйахтартан кыыһырбыт доҕордорун ыҥыра ха-
йалара да барбата, хата, бары тула түһэн кутуллубут
хааһыны сиэн хомугурутан киирэн бардылар.
Күөрэгэйгэ кутуйахтартан Туораах чаастатык ыал-
дьыттыыр. Күөрэгэй киниэхэ ырбаахы тигэргэ өссө
бэҕэһээ санаабыта. Бэйэтэ кэтэр ырбаахытын кур-
дук быһыылаах ырбаахыны тигэн баран кэтэрди-
битэ, Туораах төбөтө эрэ көстөр, сиэхтэрэ ордон
нэлибирии сылдьаллар. Күөрэгэй бу өйдөөн көр-
бүтэ: ырбаахыта олус уһун эбит, онон Туораах тутум
да сыҕарыйбат, ырбаахытын иһигэр тэпсэҥнии сыл-
дьар. Көннөрөр улахан буолуо дуо, ырбаахытын сиэ-
ҕиттэн, тэллэҕиттэн сарбыйталаата уонна кэтэрдэн
кэбистэ. Соһуллубат, хаамарын-сиимэрин мэһэй-
дээбэт буолбут, хата, олус сарбыйан агдатын эрэ
сабар. Огдоҥноон-догдоҥноон куһаҕан да буоллар,
Туораах үөрбүт курдук, доҕотторугар көрдөрөөрү
тиэтэйбиттии, мэлис гынан хаалла.
Күөрэгэй күнүскү хааһытын сииригэр алта куту-
йах кэллэ, оттон Туораах биллибэт. Кэтэстэр мэ-
лигир, күүттэр суох. Күөрэгэй куттанна. «Туораах
ханнаный?» — диэн кутуйахтартан ыйытта да, ана-
рааҥҥылар, итии хааһыны тула сүүрэ сылдьан, чы-
быгыраһыы-чабыгыраһыы бөҕө буолан, өйдөөн да
истибэтилэр быһыылаах эбэтэр этиэхтэрин баҕар-
батылар.
Хотон иһигэр киирэн кутуйахтар хорооннорун
айаҕар кулгааҕын таҕайан иһиллээтэ, чугас соҕус
Туораах саҥатын иһиттэ. Хороон устун: «Туораах,
таҕыс! Хааһыта сиэ! Ырбаахыҥ үчүгэй дуо?» — диэн
үөгүлээтэ. Биирдэрэ онуоха өссө сытайда. Хороону
батыһа сөмүйэтинэн иккитэ-үстэ үрүт буору логлу
тарта. Туораах эрэйдээх ырбаахытыттан хороону
ойоҕостуу ааһар силискэ иҥнэн хаалбыт. Өрө мөх-
сөн буллугунайа турар. Доҕотторо, дьон да бөҕөлөр
128