Page 125 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 125
Ааҕыы, сэһэргэһии
ТИМОФЕЙ ЕГОРОВИЧ СМЕТАНИН
(1919—1947)
Күөрэгэй
Былыр икки огдообо холбоһон олорбуттара үһү.
Холбоһоллоругар урукку кэргэннэриттэн биирдии
оҕолоох эбиттэр: эр киһи Күөрэгэй диэн кыыстаах,
дьахтар Олоо диэн уоллаах.
Күөрэгэй, улахан киһи курдук, иһинэн-таһынан
сылдьан бары үлэни үлэлиир. Маачаха ийэтэ кыыһы-
рымтаҕай, куһаҕан дьахтар: «Күөрэгэй, бар, уута
бас!», «Бурдукта тарт!», «Ынахта хомуй!» — диир.
Ити курдук сорууртан соруур салҕана турар. Арай
тимир киһи тилэри сүүрээ ини! Оттон ас киэнэ
куһаҕана Күөрэгэйгэ. «Лэппиэскэни тыытыма, оҕом
Олоо сиэҕэ, бар, ол иэдьэгэйтэн сиэ», — диэн ийэтэ
буолуохсут илгистэр. Күөрэгэй эрэйдээх, өлбүт ийэ-
тин аһыйан, дьоно көрбөтүгэр куруук ытыыр. Аҕата
дьиэтигэр олорбот, күнү быһа үлэҕэ сылдьар, киэһэ
хонугар эрэ кэлэр. Оҕото дьүдьэйэрин, куһаҕаннык
сылдьарын билэ-билэ, ойоҕуттан олус куттанар буо-
лан, тугу да саҥарбат.
Күөрэгэй күүһэ кыайарынан үлэлиирин, илин-кэ-
лин түһэрин үрдүнэн, маачаха ийэ кыыһырыыта, мө-
ҕүүтэ-этиитэ, абааһы көрүүтэ күүһүрэн истэ. Күөрэ-
гэй барахсан тугу гынаахтыай? Үөһэ көтүөн кыната
суох, аллара тимириэн уһуга суох.
Ийэ оҕото атаах Олоо уол күн ортотугар диэри
утуйар. Тугу да үлэлээбэт буолан баран, ас минньи-
гэһин аһыыр, орон сымнаҕаһыгар утуйар.
Эр киһи барбытын кэннэ, маачаха ийэ, Күөрэ-
гэйгэ көрдөрөн олорон, уолунаан иккис-үһүс хар-
гыат күөһү аһыыллар.
125