Page 121 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 121

Тойон саар да буоллар,
Дьорҕойорун тохтотто,
Суорумньутун толоро
Содьороҥнуу хаама турда.
Чуораан-аараан дыбарыас
Чугуун аанын асталаан,
Торҕо-түрбэ торуонтан
Чолбон курдук суһумнаах
Чулуу тааһы сулбу тардан
Туһааннаах иччитигэр,
Дьулаан суостаах киһитигэр
Чурумчукуга аҕалла,
Тоҥхох гынан туттарда.

                     IX

Остуоруйа уһугун
Олоҕуттан сиэттэрдэххэ,
Уйгу-быйаҥ олуһун
Омуннаабакка эттэххэ,
Оннук буолта үһү дииллэр,
Уустаан-ураннаан кэпсииллэр:
Чолбон уота сарыаллаах,
Дьолу айар аналлаах
Чулуу, булуу таастарын
Чупчуруйдаан тойонтон
Туура тутан ылбытын
Дохсун-добун үөрүүтүгэр,
Бардам-баһаам махталыгар
Чурумчуку барахсан,
Сортон-муҥтан арахсан,
Чоҕул-игил хараҕын
Субуруйар ууларын
Солко былаатынан соттон,
Тордох сонун дьэ устан,
Чохороонун сытыылаан,

                              121
   116   117   118   119   120   121   122   123   124   125   126