Page 122 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 122

Чуолаҕайын тупсаран,
                 Чуораайытта алааска
                 Чугастааҕы ыалларын
                 Чуораанынан ыҥыртаан,
                 Чөмчүүк таастан чочуллубут
                 Чороон, чааскы туруортаан,
                 Тоҕус түүннээх күнү быһа
                 Чуураан ыһыаҕы оҥорбут.
                 Хомус онно тыаһаабыт,
                 Хоһоонньут онно ыллаабыт,
                 Олоҥхо онно дьиэрэйбит,
                 Сэһэн онно сириэдийбит,
                 Дьиэрэҥкэй бэрдэ дьэргэйбит,
                 Үҥкүү үтүөтэ үөдүйбүт…
                 Бөҕөс бөҕөтө тустубут,
                 Буурдьут буура буурдаабыт,
                 Кылыыһыт кылаана кылыйбыт,
                 Ыстаҥаһыт ырааһа ыстаҥалаабыт.
                 Доҕолоҥ даҕаны сүһүөхтэммит,
                 Соххор даҕаны көрөрдөммүт,
                 Салҕаластыын сааламмыттар,
                 Кыччаҕардыын кыҥаспыттар…
                 Сыылба онно сыыдамсыйбыт,
                 Сыппах онно сытыырхайбыт,
                 Оҕонньордуун уоҕурбуттар,
                 Эмээхсинниин эпчимирбиттэр,
                 Умнаһыт эмиэ оһуокайдаабыт,
                 Кумалаан эмиэ хоробуоттаабыт.
                 Онтон ыла Чурумчуку
                 Уолбат ойбон уйгуланна,
                 Тохтор хороммот тоттонно,
                 Бастар бараммат баайданна,
                 Дьол-соргу доҕордонно,
                 Айхал-мичил аргыстанна,
                 Таҥнастыбат саргыланна,
                 Түөнэстибэт төлкөлөннө,

122
   117   118   119   120   121   122   123   124   125   126   127