Page 140 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 140
ратык ыалдьаллар, — диэтэ Күөрэгэй уонна тураа-
ры тайанна, чэпчэкитик өрө тыынна. Мойот, итини
көрөн, Күөрэгэйи өрө тардан турарыгар көмөлөстө.
Күөрэгэй, ойон эрэр күн уотуттан симириктээн
көрө-көрө, Мойот диэки эргилиннэ.
— Эн миигин өлүүттэн быыһаатыҥ, манньаҕар
тугу ылаҕын? — диэтэ.
Онуоха биирдэрэ, саатын сото туран, туохтаах
буолан «тугу ылаҕын» диирий диэбиттии көрдө, ону
Күөрэгэй сэрэйбиттии салгыы эттэ:
— Уонча манньыаттаахпын, барытын да ылар буол-
лаххына биэрэбин.
— Миэхэ манньа наадата суох, бээ эрэ, хата, эн
аатыҥ ким этэй?
— Күөрэгэй диэммин.
— Кэрэ аат эбит. Бээ эрэ, Күөрэгээй, манна эн
хайдах охсулуннуҥ?
Күөрэгэй бэйэтин олоҕун, хайдах манна кэлбитин
кэпсээн бүтэриэр диэри күн тэмтэйэ ойон, итиитэ
киһи иэдэһигэр биллэр буолла. Мойот ыттан тахсан
Күөрэгэй ботуоҥкатын түһэрдэ. Кус тыыннаах, икки
доруобунньук курдугунан турулуччу көрбүт.
— Бээ эрэ, дьэ билигин ханна барарга сананаҕын?
— Ким билэр, — диэтэ Күөрэгэй уонна атаҕынан
мутук сытарын эргичиҥнэттэ.
— Мантан соччо ырааҕа суох икки ыал баар уон-
на өрүскэ эмиэ булчуттар бааллар, — диэтэ Мо-
йот, — олорго мин тиэрдэн биэриэм. Бээ эрэ, хайа
эн, баҕар… — Итиннэ кини тохтоон таҥаһын-сабын
көннөрүммүтэ буола турда. — Мин мантан эмиэ соч-
чо ырааҕа суох, ити күн аннын туһунан олоробун.
Күөрэгэй тугу да саҥарбата, онтон уол, турбах-
таан баран, көхсүн этиттэ, ол-бу диэки көрүөлээ-
тэ, бэргэһэтин өрө, онтон умсары, онтон эмиэ өрө
140