Page 141 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 141

аспахтаата. Улахан суолталаах этиигэ бэлэмнэннэ
быһыылаах.

   — Мин дьиэбэр соҕотохпун, эмиэ эн… эн өскөтө
сөбүлүүр буоллаххына, миэхэ олор, — диэтэ уонна,
олус тиэтэйбититтэн кыбыстан, тылын ытыра түстэ.
Эппитим Күөрэгэйгэ хайдах иһиллэр эбит диэн ха-
раҕын кырыытынан кыыс соһуйбатах, өһүргэммэтэх
сирэйин көрөн салҕаан барда:— Мин куһаҕана суох
булчуппун, бултуом-алтыам, эн күөстүөҥ-астыаҥ,
иистэниэҥ этэ, ону да мин наар эйиэхэ найылаа-
баппын, бэйэм бэрт бүгүрү киһибин. Балта суох
киһиэхэ эн балыс буолуо этиҥ, оттон убайа суох
киһиэхэ мин убай буолуо этим.

   — Эн… хайдах… дьиэҕэр соҕотоххун дуу, ийэҥ-
аҕаҥ?

   — Миэхэ ким да суох, ол бэйэтэ эмиэ остуоруйа-
лаах, ону эн барыстаххына, дьиэбэр, барсыбатаххы-
на, дьоҥҥо тиэрдэн иһэн суолга кэпсиэм.

   — Мин эйигин кытта барсабын, — диэтэ Күөрэгэй.
   Ойуур чыычаахтара кэрэ сарсыарданы уруй-
дуур-айхаллыыр ырыаларын тардан кэбистилэр.

                               ***

   Ураһа иннигэр уоллаах кыыс тураллар.
   — Быраһаай, эһиил эмиэ көтөн кэлээр, — диэн
кыыс күлэ-күлэ этээт, кус тумсуттан уураан ылла.
Куһу үөһэ диэки ыытан кэбистэ. Кус атаҕар баайыл-
лыбыт кыра кыһыл солко субурус гынна, тус соҕуруу
диэки кус эрчимнээхтик көтөн дьулугуруу турда.
   Кыыстаах уол илиилэриттэн тутуһан, таҥалай бы-
лыттар анныларынан сүтэр хара туочуканы сими-
риктии-симириктии кэтэһэ турдулар. Ураһа ааныгар
оттуллубут уот төлөнө, бырастыылаһарга далбаа-
тыыр солко былаат тэлимниирин курдук, күлүмүр-
дүү, күллэрэстии сытта.

                                                                                                                    141
   136   137   138   139   140   141   142   143   144