Page 139 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 139
«Һук!» — диэт, өрө чарапаччыйа түстэ. Уута көтөн
сэргэхсийдэ. Аллара көрбүтэ — бөрөтө ханна эрэ
тэйэн баран, тыас буолбутугар, баҕар, аһым дьэ
түспүтэ буолаарай диэбиттии, ньылбыйан кэлэн
тиитин төрдүгэр эмиэ хоройон олордо.
Күөрэгэй олорбохтоон баран, эмиэ сыҥааҕыр-
даан, көхсө утуйан барда.
— Суох, бу курдук сатаммат, өскөтө мүччү туттан
түстүм да…
Күөрэгэй утуйар сүбэтин дьэ булла: ынах быа-
та курун сүөрэн тииккэ хам кэлгиннэ уонна тиитин
кууспутунан, били хоонньугар уктубут балыктара
түспүтүн бөрө харк-курк ыстыыр тыаһын истэ-истэ,
нухарыйан утуйан барда.
Кини, арааһы түһүү-түһүү, кытаанахтык утуйда.
***
Эмискэ туох эрэ улахан тыастан соһуйан өрө ча-
рапаччыйа түстэ. Эргэ быа уйбакка быһа ыстанна.
Күөрэгэй сарылаабытынан, лабаалартан сыыһа-хал-
ты тутуһа-тутуһа, сууллан түстэ.
Биирдэ өйдөнөн хараҕын аспыта, биир уол кини
төбөтүн көтөҕөн, тобулу одуулаан олорор.
— Бөрө… бөрө… ханнаный? — диэтэ Күөрэгэй.
— Бөрө бу сытар… — диэтэ уол уонна оргууй
аҕайдык Күөрэгэйи өйөөн олорто. Бөрө кини атты-
гар өлөн сытар эбит.
— Эн кимҥиний, бөрөнү хайдах өлөрдүҥ?
— Мин Мойот диэммин… — Итинтэн салгыы Мо-
йот хайдах тиит төрдүгэр олорор бөрөнү көрбүтүн,
онно үөмэн кэлэн бинтиэпкэтинэн ыппытын, онуоха
Күөрэгэй саа тыаһыттан соһуйан сууллан түспүтүн
кэпсээтэ. — Хайдаххыный, туоххун эмэ өлөрбөтөххүн
дуо?
— Көхсүбүнэн түспүппүн, санным уҥуохтара кы-
139