Page 98 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 98

Сорудахтаах Ньургуйаана
                Суостаах саарга тиийбитин
                Тоҕус суодал буойуннар
                Чокуйа сыһан ыыттылар.
                Үрүҥ көмүс дыбарыас
                Үрдүк гранит кирилиэһиттэн
                Үтүрүйэн кээспиттэрэ
                Үҥкүрүйэн түспүтэ,
                Үлтүрүйэн эрэ хаалбакка,
                Өлө сыһан төнүннэ…
                Чоххо-кыымҥа маарыннаах
                Чоҕул хара харахтаах,
                Чуор мутук обоччолоох
                Чурумчуку чороҥ сордоох,
                Тойон саары утаран,
                Тугу гыныай, хайыаҕай?
                Дурдата — туой буор ордуута,
                Харыһыга — харах уута…
                Чурумчуку санаарҕаата,
                Туймаарыйан олордо…
                Туох дьиибэ буолтун билэ,
                Тойон саарга бэйэтэ
                Чуо тиийэр толкуйданна.
                Онуохаҕа баара дуо,
                Чулуу-талыы хотуна,
                Ньургуйаана доҕоро,
                Тохтотоору туората,
                Ууратаары уҕалдьыта
                Уларыта-тэлэритэ,
                «Оннук-маннык», — диэн этэ,
                Утарылаһа олордо.
                «Барыма! — диэтэ кини. —
                Барыма тойон саарга!
                Үрдүк дьаалы ыраахтааҕыны
                Өргөс сытыы хараҕынан

98
   93   94   95   96   97   98   99   100   101   102   103