Page 92 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 92

А.Е. Кулаковскай — бэйиэт, буолан
                                     баран — улуу бэйиэт! Сахаларга эрэ
                                     буолбатах, уопсайынан улуу.

                                                                               Владимир Солоухин

     Саха литературатын төрүттээбит, уһулуччулаах бэйиэт
А.Е. Кулаковскай төрөөбүт-үөскээбит сирэ-дойдута — Бооту-
руускай улуус IV Дьохсоҕон нэһилиэгэ.

     Боотуруускай улуус, Таатта сирэ саха аатырар олоҥхоһутта-
ра үөскээбит, олорбут сирдэрэ. Онон Өксөкүлээх Өлөксөй оҕо
сааһа баай, уран тыллаах, олоҥхоһут, ырыаһыт дьонноох Таат-
таҕа ааспыта кэлин суруйааччы, тыл маастара буоларын төл-
көлөөбүт курдуга. Кулаковскай бэйэтэ саха тылын үс туомнаах
тылдьытын суруйбут политсыылынай уонна учуонай Эдуард Пе-
карскайга суруйбута баар: «Мин кыра оҕо эрдэхпинэ олоҥхоһут
олоҥхотун, сэһэнин уонна остуоруйаларын истээри уһун түүн-
нэри утуйбакка «сыҥаах мыҥаан» олорорум. Мин итинтэн тат-
таран, улам ыллардар ылларан, төрөөбүт тылбын үөрэтэн баар-
тым. Итинтэн ыла мэлдьи саха урукку, билиҥҥи олоҕун-дьаһа-
ҕын, ордук сөбүлээн саха тылын кыһанан-мүһэнэн чинчийэрим.
Саҥа истибит тылбын, араас кэрэ-бэлиэ этиилэри кумааҕыга
тиһэн иһэрим. Ол курдук син элбэҕи, дьон сэргиэҕин муспутум».

     10 сааһыгар Алексей Чурапчыга 4 группалаах оскуолаҕа
үөрэнэ киирбитэ, мөссүйүөҥҥэ (пансиоҥҥа) олорон үөрэм-
митэ. Олус кыһанан үөрэнэрэ, үөрэҕи кэбэҕэстик ылынара,
элбэхтик нууччалыы ааҕара. Бу оскуолаҕа үөрэнэн, суруксут
буолаат, Алексей Кулаковскай нуучча буукубатынан сахалыы
эмиэ ону-маны бэлиэтэнэрэ, бэйэтэ да сахалыы хоһуйан суру-
йара. Онон Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүт норуотун ырыатын-но-
моҕун тоҕус сааһыттан таттаран истэн барбыт буоллаҕына, уон
үс сааһыгар суруйар, айар үлэтин саҕалаабыта.

  92
   87   88   89   90   91   92   93   94   95   96   97