Page 253 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 253
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Бэйиэт хайдах курдук аҕатын таптыырын, ытыктыырын,
билинэрин, сыаналыырын хоһоон тылларыттан холобурдааҥ.
2. Оҕо уонна ийэ иһирэх кэпсэтиититтэн тугу өйдөөтүгүт? Дьиэ
кэргэҥҥэ аҕа оруолун туһунан кэпсэтиҥ.
3. Эллэй хоһоону тоҕо «Ол түүн» диэн ааттаабыта буолуой?
Олох сокуонунан түүн сарсыарданан солбулларын билэбит.
Бэйиэт түүн уобараһынан тугу таайтаран эппит буолуон сө-
бүй, санааҕытын этиҥ.
ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭ
«Эллэй хоһоонугар уус-уран уобараһы айар ньымалара», «Эл-
лэй — сэбиэскэй кэм тойуксута», «Эллэй ырыа буолбут хоһоон-
норо» диэн тиэмэҕэ талан үлэтэ оҥоруҥ (иһитиннэрии, реферат,
бырайыактыыр үлэ уо.д.а.).
КЭРЭ ЭЙГЭТИГЭР
«Ол түүн» хоһоон норуот ырыата буолан бэйэтин кэмигэр эл-
бэхтик ылламмыта. Анастасия Лыткина толоруутун истиҥ, ырыа
буоларга анаммыт хоһоон уратытын кэпсэтиҥ.
Уруок кэнниттэн
Түөлбэҕитигэр тэриллибит «Аҕалар түмсүүлэрин» үлэтин кытта
билсиҥ, кылааска көхтөөх аҕалары ыҥыран көрсүһүүтэ тэрийиҥ.