Page 250 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 250
таах киһиний, оҕолоругар тапталын бэйиэт ханнык тылынан
тириэрдэрий?
3. Хоһоон бастакы тылларыгар аҕа санааҕа ылларбыт, мунчаа-
рыы ыга кууспут, санааргыыр дьүһүнэ эһиэхэ туох санааны
үөскэтэрий?
4. Өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи саха олоҕун-дьаһаҕын бу хоһоо-
ну кытта ситимнээҥ, ол кэмтэн туох уларыйыы буолбутун
кэпсэтиҥ.
Тыыннаах тыл
Саха поэзиятыгар аҕаҕа анаммыт хоһооннор аҕыйаҕа суохтар. Сө-
бүлүүр суруйааччыгыт айымньытын ылан, бу хоһоону кытта тэҥнээн
көрүҥ, ырытаргытыгар сүрүн болҕомтоҕутун тылыгар-өһүгэр ууруҥ.
Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга
«Серафим Романович Кулачиков—Эллэй ааспыт үйэ 20-с сылла-
рыттан үйэ аҥаарыттан ордук кэм устата уҕараабакка айбыт саха
биир талааннаах бэйиэтэ. Сүүрбэччэлээх уол эрдэҕиттэн сэттэ уонун
ааһыар диэри бэйиэт сүрэҕин тэбиитэ мөлтөөбөккө, саха литерату-
ратын көмүс фондатыгар киирэр, ол иһигэр бар дьон дууһатын туп-
пут үтүмэн элбэх ырыа буолбут айымньылары биэрбитэ («Таптыаҕыҥ
ийэни», «Таба», «Комсомол ырыата» уо.д.а.). Эллэй айымньыта сэ-
биэскэй кэм поэтическай летопиһа буолбута».
Н.З. Копырин
«С.Р. Кулачиков—Эллэй саха поэзията саҥа олох иһин охсуһуу ин-
ники күөнүгэр киириитин саҕаласпыт, саха хоһоонун ойуулуур-дьүһүн-
нүүр саҥа ньымаларынан байытыспыт бэйиэт-новатор быһыытынан
сыаналанар толору кыахтаах».
Н.Н. Тобуруокап
Уруок кэнниттэн
Истиҥник саныыр чугас дьоҥҥутугар хоһоон тылларынан мах-
талгытын биллэриҥ.
250