Page 246 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 246

дар паровик. Аны бу дойдуга бурдугу илиинэн тардар уурай-
быта. Кини хас да сомуон колхозтарын бурдуктарын барытын
тардан биэрэр. Ол анараа өттүгэр сельпо лааппылара турал-
лар. Бу дэриэбинэ баанньыктаах, бэкээринэлээх, кулууптаах.
Сомуон иһинээҕи икки колхоз оҕолоро бары детплощадкаҕа
олороллор. Верхне-Удинскайтан күнүн аайы почта сылдьар.
Онон киин хаһыаттары уһаппакка ылабыт. Сүүрбэ биэс кыра-
бааттаах балыыһа үлэлиир. Аны ойууттар, отоһуттар албын-
наабат буолтара. Колхозтар бары орто байылыат ыал олоҕор
киирдилэр, кинилэр ыһыыларын сэттэ уон бырыһыанын МТС
ыһан биэрэр. Дьон барыта дьоллоох олоххо тиийдилэр...

          Тылбытын байытабыт

    Тэрилик — бурят таҥнар таҥаһа эбэтэр халаата.
    Дассан — буддистар таҥараларын дьиэтэ.
    Сомуон — буряттар нэһилиэги ааттыыллар.
    Лаама — таҥара үлэһитэ.
    Фазан — куртуйах, улар курдук буолан баран арыый кыра.
    Аймачнай — аймахтар.

          Ыйытыылар уонна сорудахтар

    1. Айымньы тылыгар-өһүгэр тирэҕирэн, Бурхалей Балтарыков
        ис киэлитин арыйарга холонуҥ: майгыта-сигилитэ, тас кө-
        рүҥэ, дьоҥҥо сыһыана (ийэтигэр, кэргэнигэр, доҕотторугар,
        өстөөхтөрүгэр).

    2. Сэһэн атын уобарастара Бурхалей киһи буолан кииллийэн
        тахсарыгар туох көмөлөөхтөрүй? Тиэкистэн холобурдааҥ,
        уобарастарынан ырытыҥ.

    3. Айымньыга өссө ханнык уруулуу омуктар көстөллөрүй? Ол
        омуктар биир ньыгыл буолан, саҥа олоҕу тутар, айар өйү-
        санааны иитиэхтээн Арассыыйаҕа Сэбиэскэй былаас олох-
        тоноругар киллэрбит өҥөлөрүн айымньыттан холобурдааҥ,
        устуоруйа чахчыларын кытта ситимнээҥ.

    4. Айымньыга кэпсэнэр Бурят-Монголия туһунан Интэриниэт-
        тэн булан кэпсэтиҥ. Билигин маннык дойду баар дуо?

    5. Айымньыны толору ааҕарга дьулуһуҥ, кинигэҕэ киирбэтэх
        олуктар ис хоһооннорун кэпсээҥ.

 246
   241   242   243   244   245   246   247   248   249   250   251