Page 245 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 245
Киэҥ саала үөрбүт дьон күлсүүлэринэн туолла. Куукунаҕа
остуорастар сылабаары кытта астастылар, эмээхситтэртэн ты-
ла суоҕа хараҕа суоҕун сирдээн эмиэ саалаҕа киирдилэр, оҕо-
лор буоллахтарына, оонньообутунан бардылар.
Эмээхситтэр, төһө да ахтыбыттарын иһин, кэпсэтиини мэһэй-
дээмээри, дьиэ аанын ыксатынан киирэн олорон кэбистилэр.
Кэпсэтии былыргыттан билиҥҥэ диэри, Москваттан Даль-
най Востокка диэрини хабан баран истэ. Бурхалей бу Бурят-
Монголия киэбэ-киэлитэ киэркэйбитин туһунан бэйэтин үөрүү-
түн кэпсээтэ.
Бу олордохторуна, саала айаҕын кыра соҕустук таһыгыра-
тан тоҥсуйар тыас баарыгар: «Киир! Киир!» — диэн Эрбантей,
дьиэ баһылыга, көҥүллээтэ.
Икки киһи киирэн кэлбиттэриттэн, биирдэрэ: били кыһыл пар-
тизан, бу сомуон маҥнайгы ревкомун председателэ, билигин
сомуон Советын председатэлэ Кэнтэй Сонгоев, Бурхалей диэки
көрөн күлбүтүнэн киирэн дорооболоһуталаата. Иккис ситэ эрэ
улааппыт, саҥа сукуна көстүүмнээх эдэр оҕо киирэн олордо.
Бурхалей билэр киһитин, Кэнтэйи кытта, үөрэ-көтө кэпсэтэн
барда. Кэнтэй үлэтин, олоҕун туһунан Бурхалей ыйытар. От-
тон Бурхалей үөрэҕин хайдах бүтэрбитин уонна ханна үлэлии
кэлбитин туһунан Кэнтэй ыйытан барытын быһаарыстылар.
Бурхалей бу улууска баар сүөһү иитэр совхоз директорынан
кэлбитин истэн, Кэнтэй үөрдэ. Кини Бурхалей бу дойдуга олор-
доҕуна, үлэтигэр көмөлөөх буолуон туһунан кэпсиир, Бурхалей
били иккис оҕо киһини ыйыталаһан билбитэ кини, тойоттор
Атен кинээс дьиэтиттэн тутуллалларыгар хаҥас дьиэттэн тах-
сан тойоттору үҥпүт уол улаатан, техникум студена буола сыл-
дьар эбит. Кини Верхне-Удинскайга тиэрдиллэн баран, онтон
Кыһыл Армия чаастарын кытта Дальнай Востокка түһүспүт. Ол
курдук сэрии бүтүөр диэри кыһыл партизаннары кытта сыл-
дьыһан баран төннүбүт. Кини билигин комсомол сомуоннааҕы
тэрилтэтин секретара...
...Сотто эмээхсин Бурхалей оҕотун көрө-көрө хаана-сиинэ
кэйэ, мэктиэтигэр урууга ыҥырыллыбыт курдук, былаатын кэ-
тэҕэр чочу курдук чору-чоруччу баанан, үөрэ-көтө бабаахтыы
олордо...
Саала уҥа эркининээҕи алта таастаах киэҥ түннүгүнэн ыйан,
Эрбантей Бурхалейга дэриэбинэ дьиэлэрин көрдөртөөтө.
— Ол квартал бүтүннүү совхоз дьиэлэрэ. Совхоз үс тыһыын-
ча кэриҥэ наар ынах сүөһүлээх, государственнай былаанын үс
сыл тухары аһара толорор. Ол турбалаах дьиэ — бурдук тар-
245