Page 240 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 240
супту сурулаан иһэр икки массыынаны ойоҕосторунан тиги-
нээн-тирилээн ааһан истилэр. Күн аннынааҕы күлүмнүүр күөх
салгын көҥү анньан, аэропланнар хардары-таары ааҥнаһан
айанныыллара, бу эмиэ бэрт дьикти суол буолар.
— Ол тракторынан сир хоруйа сылдьаллар, — диэн Ма-
риса, Бурхалейы санныттан тардыалаан, таас түннүгүнэн ыйан
көрдөрдө.
Киэҥ буолаҕа үс трактор субуруһан бараннар, элбэх лемех-
тэринэн тоҕута тыытан, тимир тыҥырахтарынан батарыта та-
йанан, ытыалаан эрэр курдук бачырҕаан ыла-ыла, лиһигирээн
иһэллэрин көрөн, Бурхалей күлэн ымаҥныы истэ.
— Мариса! Бу олох кэлиэн иннигэр биһиги элбэх эрэйбитин
биэрбиппит. Бу олох иннигэр түөспүтүнэн өстөөх буулдьатыгар
утары турбуппут. Биһиги бэйэбит күүспүтүн баттаммыт-атаҕас-
таммыт мөлүйүөн дьон күүһүгэр холбообуппут. Ол түмүгэр би-
һиги маннык олоххо тиийдибит. Ол кэннэ маннык дьоллоох
олоҕу ситэрэргэ бэйэҕэ баар туох саталы-күүһү барытын биэ-
риэхпит, — диэн баран Бурхалей Мариса диэки үөрбүт-көппүт
хараҕынан көрүтэлии олордо.
— Ээ, доҕорум барахсан, — диэн Мариса Бурхалейы сэ-
ҥийэтиттэн ибигирэттэ. — Уоттаах сэриигэ утары муҥнанаах-
таабыккын саныыбын ээ. Күчүмэҕэй күннэргэ эн курдук мө-
лүйүөн бурхалейдар баар буоланнар, биһиги маннык олоххо
тиийдэхпит дии. Ол кэннэ биһиги маннык олоххо тиийиэхпит
иннигэр, Владимир Ильич Ленин курдук муударай улуу сала-
йааччы баар буолан өһөгөйдөөх өстөөҕү эһиги үлтүрүппүккүт.
Мантан сиэтиллэн олох бары сүҥкэн кыайыыларын кэпсэ-
тэн бардылар. Кинилэр урут хаста эмэ кэпсэппит кэпсэтии-
лэрин хат кэпсэттилэр. Бэйэлэрэ хайдах эрэйдээхтик-буруй-
даахтык баттыгаска үөскээн иһэннэр, онтон төлөрүйбүттэрин
барытын ылҕаатылар.
— Били Бахтайтан мин ыҥыыр аты миинэн баран, эн кэн-
нигиттэн сүүрдэн куоппуппут кытаанах да суол этэ. Ол баҕайы
куруук түүлбэр киирэн муҥнуур ээ. Оччоҕо мин маннык олох
аартыгын арыйан истэҕим диэн санаабат этим, — Мариса
ып-ырааһынан Бурхалей диэки көрө-көрө кэпсии, үөрэ-көтө
истэ.
— Оччоҕо мин төһө да дьадаҥым иһин, син эдэр эрэйдээх,
эн курдук дьахтар кэргэннээх буолаайабын диэн киэмсийэ сы-
рыттахпына, Бахтай биэрэгэр, Турахины өлөрөөрү гынна диэн
кинээстэрэ хаайыылааҕынан тутаннар, саатырпыттара даҕаны
ээ. Оо, онно сааппытым да этэ, оччоҕо эн санааҕын билбэппин,
240