Page 237 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 237
раа өттүнэн суптурута сүүрэн, тахсан-киирэн истэҕинэ, киэҥ
Байкал көмүстүү күлүмнүүр уута аймана-саймана сытта.
Ол курдук поезд бэрт элбэх тунелы ааһыталаан тахсан ба-
ран, улуу күөл кыйыатын үрдүнэн устан субуруйан истэҕин
аайы, кэрэ киэргэллэрин кэппит кэрискэ тыалар кэлин өттүгэр
сыыйыллан, телеграмма баҕаналара вагон түннүктэринэн ыс-
таҥалаан эрэр киһи атаҕын курдук, кылбаҥнаан хаалан истилэр.
Улуу үрэх кыдьымахтаах сүүрүгэ куугунаан устарын курдук,
ньирилээн-ньиккирээн, айан сэбэ саҥаттан саҥа толооттору
ааһыталаан истэҕинэ, дьэргэлдьийэн көстөр дьэрэкээн ойуу-
лаах киэҥ толоон ортотунааҕы станция чугаһаан кэлбитигэр,
күһүҥҥү хаһыҥнаах сарсыарда эдэр саастаах атыыр кунан
уордайан айаатаабытыныы, сытыытык чыҥкыначчы чыскыйта-
лаан ылан баран, дьалысхан айанын улам мөлтөтөн, оргууй
аҕай мөлбөрүйэн иһэн, аалыктаан-аалыктаан тохтоон кэбистэ.
Вагоннар станция диэки өттүнээҕи айахтарынан тахсыбыт,
чаанньыктаах дьон оргуйбут ууну ылар сир диэки сырсан эр-
дэхтэринэ, шевиот көстүүмнээх, үрдүк сэлээппэ бэргэһэлээх,
уһун дыраҕар быһыылаах, үрдүк эмпэрэлээх сүүһүн аннынан
кырыы курдук халтаҥ хаастаах киһи, хаҥас илиитигэр ньол-
боххой быһыылаах күөх чымадааны туппутунан, түһэн кэлэн
баран, чымадаанын кырыытынан сиргэ ууран кэбиһээт, вагон
айаҕар төттөрү эргиллэн, хап-харанан тэһэ көрбүт харахтаах,
хара бараан ып-ыраас түөртээх-биэстээх уол оҕону, далла-
йан биэрбитин, хонноҕун анныттан көтөҕөн ылан, чымадаанын
аттыгар туруоран кэбистэ. Онтон солко былаачыйалаах бурят
дьахтара, эмиэ биир чымадааны туппутунан, вагон кирилиэһин
таҥнары киириэх курдук буолан истэҕинэ, били киһи, чыма-
даанын сулбу тардан ылан баран, дьахтары өйөөн түһэрэн,
оҕолорун батыһыннаран, таһаҕастарын тутан вокзал диэки ту-
һаайан, буряттыы кэпсэтэ истилэр.
— Аҕаа! Бу Маньчжурия дуо? — диэн уол, били киһини
илиититтэн тардыалыы-тардыалыы, кэрэ куолаһынан ыйытан
биһэн-таһан барбытыгар, дьахтар кыра соҕустук күлэн кэбистэ.
— Тыый, Доря! Хайа, бэйэҥ-бэйэҕинэн хайдах буоллуҥ?
Биһиги Маньчжурияҕа барабыт диэн эйиэхэ хаһан эппиппи-
тий? — киһи, муодарҕаабыт курдук мичээрдии-мичээрдии, уол
диэки көрөн кэбистэ.
— Оттон ол диэки, — диэн уол кыракый сөмүйэтинэн арҕаа
диэки ыйа-ыйа, — улахан куораты ааспыппыт дии. Онно мин
ытаабытым буолбат дуо? Ол онно ити ийэм эппитэ дии: «Эн
ытыыр буоллаххына, эйигин Маньчжурияҕа киһини өлөрөр Япо-
237